Страна : Россия
Корреспондент, шеф-редактор детской газеты «Кэскил», «Юность Севера». В свободное время увлекается спортингом, охотой. Первые рассказы были напечатаны в республиканских газетах «Кыым», «Аар тай5а», «Саха сирэ» ,журналах «Урдэл», «Хатан» и т.д.Отличник образования и печати РС(Я)(2011), ветеран спорта РС(Я), победитель республиканского интернет-конкурса рассказов про охотников (2006). Лауреат республиканской журналистской премии «За верность теме»(2004), республиканского конкурса спортивных журналистов им. В.Г.Степанова (2011) и республиканского конкурса пьес, посвященного Году литературы в России (2015)
Country :Russia
Отрывок из романа “Туманна симэлийбиттэр (Растворившиеся в тумане)в туман”
«Бээрэ, Тыгын Тойон эппит Кыйаар дойдутунан истэхпит. Тµіртµµр са±ана тохтоон, сири-уоту кірµллµі. КіІµл кіттµбµт эрээри, µрэх баґа дойдуга хайдах-туох буолабыт? Мантан ылата моонньоох баспыт батарынан олорон эрдэхпит. Туйах… Туйах уол эрэйгэ тэптэҕин. Ол эрээри, ити сылтах эрэ буоллаҕа. Тыгын сахалары үмүрү тардарыгар, ил-эйэ олохтууругар сири, баайы элбэттэҕинэ эрэ кыаҕырарын билэн эрдэҕэ. Биһиги аҕа ууһун сорудахтаабатаҕа буоллар, атыттары ыытыа этэ… Туйах уолу эрэйгэ тэптиҥ диэн, айантан саллыбыттар кынчыаттаабаттарын, сорох-сорохтор кылыстарын угун харбамматтарын туһугар, хараҕым далыгар тута сырыттахпына сатанар. Туох эрэ баар оҕото. Үлэһитинэн, сытыытынан-хотуутунан, кыаҕынан саастыылаахтарыттан ордуктара. Дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыана даҕаны киһини астыннарар. Ситтэҕинэ-хоттоҕуна киһи бэрдэ тахсыа. Кэнэҕискитин киһи-сүөһү төрдө буолан, ааппытын ааттатыах кэриҥнээх. Чэ, бээ, кістін иґиэ», – диэн санаан иґэн, айан сылаата таайан, биир кэм эймэнэр кумаар тыаґыгар бигэнэ нухарыйан барда…
Тыгын Тойон ата атыллан ілµі±µттэн, Туймаада хочотун олохтоохторун ыар санаа ыга баттаабыта. Онно эбиискэлэґэн, хараІа былыт µімэхтэнэн тахсан, µс тµµннээх кµн ардаан курулаппыта. БыйаІнаах ардах кэмэ Туймаада олохтоохторугар курус кµннэргэ кубулуйбута. Туох эрэ суоґар буолуохтаа±ын кµннэри-тµµннэри кэтииргэ эбии ардах тохтообокко сылаппыта. Сир-дойду уунан бычалыйа кураанахсыйбыкка дылы буолбута, сµµрэр атахтаахтар, кітір кынаттаахтар бµкпµттэрэ. Бэл диэтэр, хаппыт тиит мутугун былдьаґан, араастаан куллугураґар суордар сурахтыын сµппµттэрэ…
Тыгын Тойон боотурдарынан арыалдьыттанан, тоҕо эбитэ буолла Хаан Илбис ойууну батыґыннаран, атын кытта бырастыылаґан кэлбитэ. Ойуунунан сиэри-туому тутуґуннаран, µіґээ µтэйтэрэн уматтаран кэбиспитэ «µґµ» кэпсэлгэ кубулуйбута. Ол быыґыгар: «Эйиэхэ эрэ кэпсиибин… Хаан Илбис буруйдаах хара хааныгар суудайбыт µґµ. Дьэ, туох алдьархай буолар?» – диэн сибигинэґии-хобугунаґыы элбээбитэ. СайыІІы кµн чэмэлийэн тахсыбыта, кыырпах да былыта суох кµіх халлааІІа туйаарар чыычаах тохтоло суох дьырылаабыта, мутукча сыта дыргыйбыта, дьэрэкээн хонуу сибэккилэрэ хамсыы-хамсыы µіґээ таласпыттара. Тыгын Дархан буруйдаа±ы кірдµµрэ, туттарара иґиллибэккэ дьон кµннээ±и тµбµктэригэр ыктаран, умна быґыытыйбыттара.
Ґс кµн устата Тыгын бала±аныттан тахсыбата±а. Атын итиччэ аґыйбыта дуу, биитэр туох эрэ о±уруктаа±ы тобуларын, бэл киирэр-тахсар чугас дьоно, түүллэнэр-биттэнэр ойууттара билбэтэхтэрэ. Тірдµс кµнµгэр ча±ар уолунан Туо±а Боотуру ыІыртарбыта.
Туо±а Боотур Тыгын Тойон ыІырыытын кµµппµт буолан, соґуйбата±а. Буруйдаах сылгыґыт уолун тіґі сылгынан толуйан ылыа±ын саныы, утуйарыгар эрэ устар котокоонун кіхі±і иилбитэ. Уґун батта±ын кэтэ±ин диэки ірµтэ аспахтыы, хал±ан диэки хардыылаан иґэн, тохтуу тµспµтэ. «Бээрэ, тіґі да±аны хааммыт биир буоллар, тойон аата тойон, ча±ар курдук ньалака сарыы таҥастаах тиийэрим сµрэ бэрт. Тіґітµн да иґин, а±а ууґун биир бас-кіс киґитэ буолла±ым. Куйахпын да кэппэтэрбин котокооммун иилинэн тахсыым», – дии санаат, кіхіттін кыыннаах котокоонун тіттірµ ылан кэтээт, тахсан барбыта.
— Нірµін ніргµй! Тыгын Тойон, ыІыртарыыгынан кэллим, – диэбитинэн Туо±а Боотур хал±ан таґыттан ырааппакка, Тыгын туох диирин кэтэґэн, нірµйбµтµнэн турбута. ХагдаІ эґэ тириитинэн саба быра±ыллыбыт кэтит наара±а ньылыбыраабыт чараас сарыынан тигиллибит сыалдьалаах эрэ Тыгын Тойон іттµгэстии сытан, аа-дьуо хамсанан олорбута. Субу эґэтин тириитин устан киґитийэн, ньамньыраабыт курдук быґыытын-таґаатын кіннірірдµµ, икки илиитинэн тµіґµн быччыІнарын, былларыттан тахсыбыт ойо±осторун тириитин ньиккирэччи сотон, ньилбэктэригэр тайаммыта. Кэтит сирэйин µрдµк сµµґµгэр сааґырыы бэлиэтин сурааґыннара дириІээн кістµбµттэрэ. Онон-манан кырымахтанан эрэр хойуу хаастарын тµрдэґиннэрэн, икки ардынан лоппотон, кэІэриитигэр иІиннэрбитэ. Эргэлээх, µµт тиэрбэстээх харахтарынан сургуччу кірін, киэІ таныыларын сыт ылаары гыммыттыы тардыр±ата хамсаппыта:
— Нірµйэн баран туруоІ дуо, бэттэх кэлэн олор», – Тыгын эриэн µіннµµ суостаахтык сыыгыныы, µс атахтаах кыра сандалы таґыгар турар µµс тириитинэн бµрµллµбµт талах олоппос диэки кэ±ис гыммыта. Кµімэйин чіллірµтэн хахсайан ылбыта. – МиІэбин ким ілірбµтµн эн да, мин да бэркэ билэбит. Хантан кэлбит чоло±оруй, сонно тута нохтолоох сµрэ±ин хостотуох баара, дьоІІо µірэх гынан … Хайдах тіліґі±µн? – Тыгын Дархан куолаґа кытаатан, тимири балталаан эрэрдии быґытталана, эрчимнээх ба±айытык ойон турбута. Јрі э±ирийэн тµіґµн мітіті, иґин-µіґµн хомуна туттан, тойон іґµі ба±анатыгар лиґирдээн тиийбитэ. Мас чороохо±о ыйанан турар кылыґы кыыныттан сыыйа тардан таґааран, биитин тойон эрбэ±инэн бигээбитэ.
— Билэн… – Туо±а Боотур бэйэтэ билбэтинэн, кэтит санныларын ыгдатан, тібітµн кистиирдии ньыкыччы туттан, олбо±ор эґэлии эргийбитэ: – Ити Туйах диэн, били, хайалаах сирин кыргыһыытыттан орпут тулаайах оҕо. Бэйэҥ дьаһайан аҕалтарбытыҥ… Ол уол бороохтуйбута, сиһин этэ ситээри, буутун этэ буһаары оонньообута оҕус буолла. Аҕа уустарынан үтүрүллэн сылдьыбытын аґынаммын, сылгы манааччыннан, ча±арынан ылбытым. ДьиІэр, сµрдээх сытыы-хотуу, µлэґит уол. Боотур буолар ба±ата батарбакка, кµрэскэ кыттаары ити дьаабыланна… Тугу этиэхпиний, барыта эн илиигэр, эн дьаґайыыгар, – Туо±а Боотур нірµйбµтµнэн туран кэлбитэ.
— Дьэ, оччо±о, кэпсэтиэх, – Тыгын кылыґы тыастаахтык кыыныгар тіттірµ анньаат, чанчыгыттан сирэйигэр саба тµспµт, кµрэІсийбит сµµмэхтэри кулгаахтарын кэннигэр кыбыта аспыта. –Олор! Этэр тылбын ійдіін-дьµµллээн иґит… Уґун сыллар тухары, Дуо±у тутааччынан сылдьан, кырыктаах кыргыґыыларга кыттыбытыІ, быґылааннаах айаннарга эр санаа±ын кірдірбµтµІ элбэ±и этэр, – сис туттан, тіттірµ-таары хаамыталаат, олбо±ор олоро тµспµтэ. – Бу кэпсэтиибитин, эн биґиккиттэн ураты, иэгэйэр икки атахтаах билиэ суохтаах… Эн боотурдаргын, ча±ардаргын илдьэ бу сиртэн кµрээн бара±ын. ЈйдіітµІ дуо, кµрээн! Туймаада олохтоохторугар эн, мин аппын тілµµр кыа±а суоххуттан, хаан халыйыа±ыттан куттанан кµрµµгµн…
Туо±а Боотур ити тыллартан соґуйан, ірі кірі тµспµтэ. Тугу эрэ этиэхтии ігдіІіліін эрдэ±инэ, Тыгын сапсыйан кэбиспитэ.
— Хаан-уруу, о±о, аймах диэни, µчµгэй кэмІэ диэри, тэйиччи туттахпына сатанар кэм µµннэ… Иґит, µµрдэ дии санаама… µіґээ айыылар, соруйан аппын іліттірін, уґуну-киэІи анаарар, кэскиллээх санаа±а µтэйдилэр. Саас ылан эрэр. Кэлии-барыы да ыараата. Онно эбии, чугас диэбит сорох дьонум баайга, сиргэ дураґыйталыах курдуктар… Атааннаґыы, арахсыы, хаан тохтуута тµмсµµгэ, илгэ-эйэ±э тиэрпэт. Ол эрээри, а±ам Мунньан Дархан урааІхай сахалары бииргэ тµмэр ыра санаатын ыґыктыбаппын… Дьэ, ол инниттэн, саІа сирдэри баґылаан, олохсуйан, баайы хаІатан, уруу-аймах кэІэтэр кэм кэллэ.
Бµтэґик, кистэлэІ сорудахпын толоруо диэн бµк эрэнэн олоробун. Эдэр-сэнэх, кыанар эрдэхпинэ Кыйаар диэн ааттаах, бэрт бултаах-алтаах, µтµмэн элбэх саарба кыыллаах, Сыа дойдуга сылдьыбыттаа±ым… Онно бара±ыт. Кэнэ±эскитин Кыйаар дойдуга олохсуйан, Тыгын бииґин-ууґун салгыыр, урааІхай саха тірµттэрэ эґиги буолуоххут. Ааппын ааттатыаххыт, µс саханы µксэтиэххит, тµірт саханы тілкілµіххµт… Манна кµµґµ-уо±у мунньунарга, сэби-сэбиргэли, куйа±ы оІотторорго Кыйаар саарбата тіґµµ кµµс буолуо. Муммут-тэммит, кыаммат-тµгэммэт кыра-хара дьон сир аайы бааллар. Кинилэри тµµрэйдээн, куттаан буолбакка, илинэн-эйэнэн тардаІІын, а±а уускун хаІатаар.
Маннык соруда±ы истиэм эрэ диэбэтэх Туо±а Боотур харааччы буккуллан хаалбыта. «Тугу, тугу иґиттим… Букатын барабыт дуо? Сылгыннан тіліібµтµм кіні буолбатах дуо?» – диэн санаалар охсуллан ааспыттара. Итииргээн, бала±антан чэбдик, сірµµн салгыІІа тахса охсуон ба±арбыта.
—Бара±ыт! Кистии-саба тэриниІ, – Туо±а Боотур тугу саныырын таайбыттыы Тыгын Дархан чиІэтэн биэрбитэ. Кэпсэтии бµппµтµн биллэрэн, эґэ тэллэххэ тиэрэ нараґыйан иґэн, эрчимнээх ба±айытык ойон турбута. Тэлгэнэн сытар таба тириитин арыйа баттаан, кыра тирии саппыйаны хостоон таґаарбыта.
— Бээрэ, умна сыстым, – нірµйэн турар Туо±уга лиґирдээн кэлэн, суон моонньугар тирии саппыйаны кэтэрпитэ. – Маны бэйэ±иттэн араарымаар. ХочоІ буора уонна биґиги а±а ууґун бэлиэтэ – биґилэх. Ґіс сиртэн саха сирэйдээхтэр кµµстэринэн іттійін, кµнµІ хараІарда±ына кірдіріір. Биитэр кімі кірдіґіргір туґалыа. Тіґі да±аны кырытыннардаллар, суон сура±ым дуораґыйда±а, уґун илиим тиийимтиэтин истэ-билэ сырыттахтара. Кіміліґµі… іскµірµтµн маннык биґилэхтээх киґи тиийдэ±инэ, саарбахтыыр буолаайыккыный. Ґс тµµннээх-кµн сыта-тура суолгутун торумнаатым. Тунах тµґµµтэ мантан «кµрµµгµт». Эппитим курдук, буруйтан куотан тэскилиигит. Аатыгар, боотурдары ыытан, эккирэтиннэриэм. Сиппэккэ тіннін кэлиэхтэрэ… Дьахтары, о±ону, кырдьа±аґы соґуспаккыт. Арай аара хаалларан, манабыл оІосторгор µс ыал буолбут эдэр боотурдар ойохторун ыллыннар. Ону кытта аскытын дьаґайар икки эдэр дьахтары илдьээр. Тиийэр сиргит чугаґаабытын сэрэйдэххинэ, µчµгэй алаастарга ойохтоох боотурдары хааллараар. Соргулара билиэ… Олохсутардыы тэрийээр. Кэннигиттэн атын биис уустара сэрэппэккэ эккирэттэхтэринэ, тыыннаах ортохторуна, биллэриэхтэрэ. ЭтэІІэ олохсуйан бардахтарына, сиргин кэІэтиэхтэрэ. АйаІІа тарыырдаммат-тал±аламмат, тардыллыбат туґуттан, сµіґµлэммэккит. А±ыйах биэни µµрэн бараарыІ. Ґс сылынан олохсуйан, кµрµі-хаґаа тутуннаххытына, барыта µчµгэй буолла±ына, тµµлээх а±ала таарыччы, сµіґµ µµрэн барыаххыт. Хаалбыт дьоҥҥутугар санааҕытын уураайаҕыт, атаҕастыам суоҕа. Оҥойор айахтарыгар үлэлээн аһыахтара, санныларын сабар таҥастаныахтара. Дьэ, ситигирдик… Лµксµрээн ойуун эйигиттэн хаалыа суо±а. Ону таґынан Хаан Илбиґи хайа эрэ албаґынан илдьэ бар. Манна буруйа-сэмэтэ элбээбит бадахтаах, улахан ойууннар харахтара кырыыламмыта ыраатта… Сиртэн сүтэриэҕи сүтүктүөхтэрэ. Ба±ар, хаан-сиин, кыргыґыы буолар тµгэнигэр кіміліґµі… Хара ойуун буолла±ына.
Кэпсэтии бµппµтµн биллэрэн, наара±а тиэрэ нараґыйан, кэтэх тардыґынна. Туо±а Боотур нірµйбµтµнэн кэннинэн хааман тахсан эрдэ±инэ:
—Арба да±аны… Тµµл-бит соччото суох. Биґигини атын сиртэн сорунан кэлэн аймаан, кыргыс буолбутун иґиттэххинэ да±аны, кэлэ сорунаайа±ыт. Иэстэґэр, іґµ-сааґы ситиґэр туґунан санаайа±ыт! Јлбµт ілбµтµнэн, сµппµт сµппµтµнэн хаалыа… Јйдіі! Эн, УрааІхай саханы µіскэтэ, µйэлэр тухары ааппытын ааттата, сирбитин кэІэтэ, баайбытын хаІата бара±ын!
Туо±а Боотур таґырдьаны булаат, тµіґµн муІунан салгыны э±ирийэн ірі тыыммыта, сµµґµгэр бычыгыраан тахсыбыт кіліґµнµн ытыґын таґынан соттоот, бала±анын диэки бара турбута.